|
|
|
||||||||||
|
Проект "Олоңхо - сайдыы тирэђэ"
Быдан былыргы сахалартан быста сыһа- сыһа салђаммыт, ийэ айылђа элбэх эриирин- мускуурун мындыр өйүнэн, үтүө сүрэђинэн туораабыт Саха омугун тылынан уус- уран айымньытын эгэлгэ көрүңэр олоңхо уһулуччу сүдү көстүү быһыытынан сыаналанар. «Силиһэ суох мас үүммэт» диэн норуот мындыр өһүн хоһооно кэрэһэлииринэн, бүгүн төрдүбүтүн, силиспитин – мутукпутун ырытар, чинчийэр, бүөбэйдиир, тилиннэрэр, өрө тутар кэммит тосхойдо. Олоңхону, Саха норуота үйэлэргэ уһаарыллыбыт өркөн өйүнэн айыллыбыт олођун философиятын, өйүн – санаатын , сиэрин – майгытын , дьоңңо дьайар сүдү кыађын өйдөөн, ыччаты иитиигэ – үөрэтиигэ туһанар сорук турар. Олоңхо эйгэтин олођурдуу сахалыы эйгэ кэңииригэр суолтата улахан. Мастаах оскуолата национальнай оскуола концепциятын олоххо киллэриигэ улууска бастакынан ылсыбыта. Үлэбит түмүгүнэн 1993 сыллаахха улууска отчуоттаабыппыт, үлэбит уопута биһирэммитэ, улууска тарђатарга ылыныллыбыта . Сахалыы эйгэ олохтоммута, олоңхо олођурарыгар кыах үөскээбитэ. Олоңхону олођурдууга Сунтаартан төрүттээх, сахалыы куттаах-сүрдээх, французскай тыл учуутала Каратаева Любовь Афанасьевна улахан өңөлөөх. Фольклору көрүүгэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур олоңхону туруоран улууска бастаабыппыт. Любовь Афанасьевна барбытын кэннэ олоңхо эрэ буолбакка, фольклор дьарыга ыытыллыбат, пропагандаламмат буолбута. Устунан сахалыы эйгэбит дађаны улам кыарађастыйан барбыта. Сахалыы эйгэ кэниирин аһађастык утарсар да өрүттэр баар буолбутта. Оскуола оформлениетын 70% -на нууччалыы тылынан оноһуллар. Кылаас таһынаађы үлэлэрбит барыта нууччалыы тылынан барар. Бэл диэтэр, учууталлар мунньахтара, биир да нууччалыы тыллаах суођун үрдүнэн, нуучча тылынан ыытыллар буоллулар. Саңа кэм ирдэбиллэрэ: Саха ођотугар сахалыы эйгэтин алдьаппакка , олоңхо, фольклор көмөтунэн кэңэтии соруга турар. Республикађа олоңхо олођурда, фольклор кэңээтэ, радионан биэрии уһаан эйгэ күүһүрдэ, интернеккэ сахалыы сайтар, оонньуулар баар буоллулар. Онон биһиги оскуолабытыгар уруккуну сөргүтэр, олођурбуту хаттаан көрүнэр сорук турар. Бу инниттэн :
- эйгэни олођурдарга тођоостоох усулуобуйалары мүлчү тутумуохха, республика оскуолаларын уопутун туһаныахха , Саха ођотугар сахалыы эйгэтэ көмүскэллээх буолуутун хааччыйыахха; - Мукучутаађы музыкальнай оскуола Мастаахтаађы филиала 4 толору штаты тутар. Онтон үһэ хореография куруһуога , биир штат – ырыа. Эбии биэрэрэ кыаллыбат буоллађына, хореография биир штатын олоңхо, фольклор куруһуога гынан уларытан оңороллорун туруорсарга - салайааччы өйөөбөт буоллађына үчүгэй идиэйэлэр харгыстаналлар. Аһађастык утарбата, мэһэйдэспэтэ кыра, аахайбат, ээл- дээл сыһыаннаһыы, өйөбүлэ суох буолуу дьыала үөтэлээбэтин төрүөтэ буолар.
|
|
||||||||||
наш адрес: РС (Я), Кобяйский улус, с. Мастах, ул. Октябрьская, 11; т: 8(41163)24117, ф: 8(41163)24171, e-mail: mastakh@mail.ru
© МОУ-Мастахская средняя общеобразовательная школа, 2010
Последнее изменение: 30.03.2010 |
||||||||||||